"Северная ходьба" ааксыйа

Хамсаныы - олох төрдө.
Киһи төһөнөн элбэхтик хамсанар, үлэлиир-хамсыыр да, соччонон доруобуйата бөҕөргүүр.

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр Сылаҥ нэһилиэгин олохтоохторо Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Северная ходьба" ааксыйаҕа кыттыһан, эти-хааны эрчийэн,
доруобуйаны тупсаран, чэбдик салгынтан күүс-сэниэ ылынан, нэһилиэк килбэйэр киинигэр тахсан, колоннаҕа арахсан хааман кыттыыны ыллылар.🏃🏻‍♀️‍➡️🏃🏻‍➡️
Тэрийээччилэр араас эрчиллиилэри көрдөрдүлэр, битэмииннээх чэйинэн, утаҕынан күндүлээтилэр.

Чөл олох-доруобуйа төрдө!
Доруобуйа - тыыннаах киһи саамай улахан баайа! Доруобуйаҕытын харыстааҥ, күн ахсын сибиэһэй салгыҥҥа хаамын! 🏃🏻‍➡️🏃🏻‍♀️‍➡️🏃🏻‍➡️🏃🏻‍♀️‍➡️

11.09.2026
Made on
Tilda