Тыа хаһаайыстыбатын күнэ

СЫЛАҤ НЭҺИЛИЭГЭР ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТЫН КҮНЭ ҮРДҮК ТАҺЫМҤА ААСТА! 🌾🚜✨

Илиитин хараҕынан көлөһүнүн тоҕон, сир ийэ баайын ситэрэн-тупсаран, сыралаах үлэнэн арыы-үүт, эт, оҕуруот аһын оҥорон, дьоммут аһылыгын хааччыйар күндү тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэригэр, ветераннарыгар уонна кэнчээри ыччаттарыгар итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!

Эһиги дьулуурдаах, хорсун үлэҕит — дойдубут бүгүҥҥү туруга, сарсыҥҥы бигэ кэскилэ буолар. Үлэҕит үтүө түмүктээх, далбаргыт толору, ситиһиигит үрдүк буоллун! Сахабыт сирин тыйыс айылҕатын тулуйан, өбүгэ үгэһин салҕаан иһэргитигэр махтанабыт👏🏻

Хайа баҕарар тэрээһин ситиһиилээхтик, дьоҥҥо-сэргэҕэ умнуллубат үөрүү буолан тиийэригэр үтүө санаалаах, кэскили түстүүр дьоммут өйөбүллэрэ улахан оруоллаах.

Тыабыт хаһаайыстыбатын дьоро күнэ үрдүк таһымҥа барарыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибит, күндү бириистэри туруорбут спонсордарбытыгар, тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар сылаас алаадьылаах саламааттах, итии чэйдээх, минньигэс һоркуойдаах Сылаҥмыт нэһилиэгин "Күбэйэ", "Саһарҕа" дьахтар түмсүүтүгэр, өйөбүл буолбут ытыктабыллаах дьоммутугар улахан МАХТАЛБЫТЫН ТИЭРДЭБИТ🙏🏻😊

Эһиги бэйэҕит үлэҕитигэр-хамнаскытыгар куруук ситиһии тосхойдун, үүнүү-сайдыы кынаттаннын, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, чэгиэн-чөл туругу баҕарабыт! Үтүө быһыыгыт бэйэҕитигэр сүүс бүк үксээн эргийдин!
Бары бииргэ буолан, тыабыт сирэ сайдарын туһугар өссө да үрдүк чыпчааллары баһылыаҕыҥ! Барыгытыгар барҕа махтал! 🌾✨

Эҕэрдэни кытта А.А.Сивцев аатынан "Сырдыгынан сыдьаайар" норуот айымнньытын дьиэтин кэллэктиибэ😊

21.11.2026
Made on
Tilda