"Олоҥноон олорон олоҥхото истиэҕин"
"Саллар саас тухары Олоххо,
Саханы үрдэтиэ Олоҥхо,
Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө,
Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө"
СЭТИННЬИ 2️⃣8️⃣ күнүгэр, күнүс 1️⃣5️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан "Оллоонноон олорон Олоҥхото истиэҕин" диэн тэрээһиммитигэр, биир дойдулаахпыт, 2025 сыллаахха Чурапчы улууhуттан Ил Дархан стипендиатын ылбыт, норуоппут үгэһин илдьэ сылдьааччы, олоҥхону толорооччу, мааны ыалдьыт Николай Романович Дьячковскай нэhилиэгин дьонугар-сэргэтигэр кэлэн, Николай Михайлович Дьяконов - Чөлөс "Ала Хотоҕой" олоҥхотун толордо 😃
Николай Романович кэлбит ыалдьыттарга, кэнэҕэски кэнчээри
ыччаттарга Саха уус-уран
айымньытынан Олоҥхонон дьарыктаналларыгар ынырда! 🤗
28.11.2025